ЧӨЛ ОЛОХ – КЭСКИЛ ТӨРДӨ 🏃‍♀🏃🏃‍♂ “КРОСС НАЦИЙ”

Новости

Балаҕан ыйын 29 күнүгэр Нам сэлиэнньэтигэр сылын ахсын ыытыллар «Кросс наций» Бүтүн Арассыыйатааҕы сүүрүү тэрээһинигэр 200 –чэкэ киһи, сүрүннээн оҕолор кытыннылар.

Сүүрээччилэр М.К.Аммосов аатынан болуоссаттан А.А.Игнатьев аатынан «Эҥсиэли» стадиоҥҥа диэри сүүрдүлэр.

Бу тэрээһин физическэй культураны уонна спорту нэһилиэнньэҕэ тарҕатааһын уонна чөл олоҕу тутуһуу быһыытынан тэриллэр.

Павел Иванов, улуус физическэй культураҕа уонна спорка управлениетын начальнига кэлэр сыл “Кросс наций” тэрээһинигэр улуус олохтоохторо көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырда, баҕатын тиэртэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *