🏆🥇 «Спортивные Якутяне» өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэнээччилэр Спартакиадаларын түмүктүүр түһүмэҕэ саҕаланара 2 күн хаалла.
🏹🥊⛹♂ Спартакиада бэс ыйын 6-10 күннэригэр Дьокуускайга, Хатаска уонна Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр ыытыллыаҕа.
🏆🥇🚩 Нам улууһуттан 92 эдэр спортсмен Республика таһымнаах күрэхтэһии үһүс быһаарыылаах түһүмэҕэр спорт 9 көрүҥэр (бокс, волейбол, көҥүл тустуу, гиирэ спорда, чэпчэки атлетика, мас-рестлинг, саахымат, дуобат, оҕунан ытыы) күөн көрсөрө күүтүллэр.
Бу күннэргэ улахан сүүмэрдээһини ааспыт эдэр спортсменнар тренердэрин салалталарынан күүстээх бэлэмнэниини ааһаллар.
Салгыы Нам улууһун үөрэҕин управлениетын физическэй культураҕа уонна спорка сүрүннүүр специалиһа Юлия Петровна Гоголева Спартакиадаҕа бэлэмнэнии хаамыытын билиһиннэрэрин истиҥ.
⤴️⤴️⤴️
“Нам улууһа” МТ пресс-сулууспата