НАМ УЛУУҺУГАР СР ХАПСАҔАЙГА ФЕДЕРАЦИЯТЫН КУБОГА

Новости

НАМ УЛУУҺУГАР СР ХАПСАҔАЙГА ФЕДЕРАЦИЯТЫН КУБОГА ЫЫТЫЛЛЫА 🤼‍♂🥇🥈🥉🏆

Бу өрөбүллэргэ, ахсынньы 16-17 күннэригэр, Нам сэлиэнньэтин Нь.С. Тимофеев аатынан республикатааҕы олимпийскай эрэллэри бэлэмниир спортивнай оскуола саалатыгар (КСК) хамаанданан бастыыр иһин СР хапсаҕайга федерациятын Кубога буолуоҕа.

Күрэхтэһиигэ республика 10 күүстээх хамаандалара күөн көрсүөхтэрэ: Үөһээ Бүлүү, Хаҥалас, Чурапчы, Сунтаар, Таатта, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Бүлүү, Кэбээйи, Нам.

Хамаандаҕа алта уол, биэс ветеран уонна алта эр киһи киирэр.
Оҕолорго: 50 кг, 55 кг, 62 кг, 70 кг, 80 кг, 80 киилэттэн үөһэ.
Эр дьоҥҥо: 57 кг, 65 кг, 75 кг, 85 кг, 95 кг, 95 киилэттэн үөһэ;
Ветераннарга ыйааһыҥҥа: 60 кг, 70 кг, 80 кг, 90 кг, 90 киилэттэн үөһэ тустуохтара.

Күрэхтэһии сарсыарда 10:00 ч. саҕаланар. Киирии – босхо.
Ону таһынан күрэхтэһиини быһа эфиргэ НВК «Саха» уонна «Хатыҥчаан» студия ханаалларыгар көрүөххэ сөп.

«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *