Нь.С. Тимофеев аат. республикатааҕы спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оскуола (директор. В.В. Винокуров) Маймаҕа сиригэр турар «Албан» эрчиллэр баазата быйылгы халаан уутугар 100% былдьанан улахан хоромньу таҕыста.
Ыам ыйын 22 күнүгэр СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка миниистирэ Леонид Спиридонов кэлэн, Маймаҕатааҕы эрчиллэр баазаҕа, Хатырыкка сылдьан балаһыанньаны билсибитэ, коллективы кытта сүбэ мунньаҕы ыыппыта.
Билигин лааҕыры чөлүгэр түһэриигэ күүстээх үлэ барар.
Министерство иһинээҕи спортивнай оскуолалар 20-тэн тахса киһилээх биригээдэлэрэ иккитэ кэлэн субуотунньуктаатылар, гуманитарнай көмө аҕалан туттардылар, биир күннээх хамнастарын лааҕыры сөргүтүүгэ биэрэллэрин туһунан быһаарыы ылыннылар.
Ыарахан кэмҥэ күүс-көмө буолар дьоммутугар барҕа махтал тылларын тиэрдэбит.
“Нам улууһа” МТ пресс-сулууспата